Загрузка страницы

Ийэбит үөрэҕэ_Боотулуу

Сахабыт сиригэр үүммүт 2022 сыл Ил Дархан Айсен Николаев туһаайыытынан Ийэ сылынан биллэриллэн турар. Ийэ диэн ытык өйдөбүл саха киһитигэр олус дириҥ суолталаах. СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан, 1993 сылтан алтынньы ый үһүс өрөбүлүгэр алаһа дьиэбитин араҥаччылыыр, сылаас сырдык санаатынан барыбытын угуттуур күн күбэй ийэлэрбитигэр махтанан, сүгүрүйэн ааһар ытык күммүт. Ол эбэтэр Сахабыт сиригэр Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Боотулуу нэһилиэгиттэн төрүттээх Пелагея Афанасьевна Иванова оҕолоро, ийэлэрин 100 сылыгар уонна Саха сиринээҕи Ийэ сылыгар анаан, оскуолаларга, уһуйааннарга, атын да тэрилтэлэргэ «Ийэбит үөрэҕэ» диэн тэрээһиннэри толкуйдаан, бэлэмнээн ыытары көҕүлүүр үлэни тэнитэ сылдьаллар. Сэтинньи 30 күнүгэр 2022 с. Боотулуу орто оскуолатыгар “Ийэм сылаас илиитэ” ийэлэр оҥоһуктарын быыстапката уонна “Күн күбэй ийэм – оҕо сааһым истиҥ өйдөбүлэ” диэн ийэ туһунан истиҥ кэпсэтии буолан аастылар.

Видео Ийэбит үөрэҕэ_Боотулуу автора Анатолий Иванов
Показать
Страницу в закладки Мои закладки
Все заметки Новая заметка Страницу в заметки